Колтовская Людмила Ильинична, воспитатель

Байанай алгыа

Сахалыы тылынан о5ону иитэр-сайыннарар 51 №  Кэскил уhуйаан иитээччилэригэр, тереппуттэригэр анаан сыл устата араас тэрээhиннэри ыытар. Ол курдук, угэс буолбут сылын аайы ыытыллар  сэтинньи ыйга «Байанай ый» чэрчитинэн, уhуйаан иhинэн араас тэрээhиннэр буолан аастылар. Бу тэрээhиннэр о5олорго саха норуотун терут угэhин, сиэрин-туомун сергутэр, билиини биэрэр сыаллаах-соруктаах ыытылынна.

О5о оскуола иннинээ5и сааhыгар ей - санаа еттунэн ордук сайдар. Бу кэмнэ майгыта-сигилитэ сайдарыгар кини иитиллэр эйгэтэ улаханнык сабыдыаллыыр. «Киhи айыл5а о5ото, айыл5а киhи алаhата» ейдебулгэ оло5уран, о5ону кыра сааhыттан тереебут дойдутун, айыл5атын, сиэрин-туомун улахан бол5омто5о ылан билиhиннэрэбит.

Сэтинньи ый устата орто уонна улахан белех о5олоро тереппуттэр кемелерунэн олус интэриэhинэй «Мин а5абынаан» диэн бырайыактары кемускээтилэр. Кырачааннарга  иитээччилэр айыл5а тематыгар интэриэhинэй дьарыктары, арадьытыылары о5о бол5омтотун тардар тэриллэри  туhанан ыыттылар. Ону таhынан, экологическай хабааннаах «А5ам байанайа» диэн хаартыска-быыстапкалара, о5олор уруhуйдарын конкурстара тэрилиннилэр.

О5ону кыра эрдэ5иттэн сахабыт норуотун терут угэhигэр уhуйар, интэриэhи тардар сыалтан  улахан  уонна  бэлэмнэнии белех уолаттарыгар, а5аларыгар  «Мин а5абынаан» диэн спортивнай курэх ыытылынна. Бу курэ5и биhиги уhуйааммыт физкультурнай салайааччыта Марков Э.Э.  тэрийэн  ыытта. Курэх алта туhумэхтээх ааста: 1. Куегулээhин. 2. Сыалы табыы.

3. Мончууктары тардыы. 4. Кыыл, кетер ата5ын суолун таайыы. 5. Балыктар, кетердер ааттарын таайыы. 6. Мэhэйдээх сууруу.  

Курэх тумугунэн,  улахан  белехтерге бастакы миэстэни «Сардаана»  белех кыайыылаа5ынан та5ыста  Г. Айсен – Николаев А.М. , иккис миэстэ  – «Сир Симэ5э» белех, Л. Владлен – Литвинцев Н.М., уhус миэстэ – «Кунчээн» белех, Б. Данил – Бытыканов П. Е..  Бэлэмнэнии белехтерге: бастакы миэстэ – « Кулунчук» белех, П. Алеша – Петров  В.В.,  иккис миэстэ – « Тиинчээн» белех,  М. Андрей – Винокуров М.Е., уhус миэстэ – « Туосчаан» белех,  Х.Айсен – Халысов А.К, тердус миэстэ - « Унугэсээн» белех , С. Ньургун – Соловьев М.А.. Бу кун тереппуттэргэ долгутуулаах, уеруулээх кун буолан ааста. Бары урдук таhымнаахтык бэлэмнэнэн, кехтеех кыттыыны ылан, уерэн-кетен тар5астылар. Ити курдук, уhуйаан улэhиттэрэ, тереппуттэр о5о иитиитигэр ыкса сибээстээхтик улэлиибит.

Дьокуускай куорат 51 № « Кэскил»

уhуйаан иитээччитэ: Колтовская Л.И.

22 февраля 2018 в 05:41

Сайт размещён на портале МААМ. Используя МААМ принимаете Соглашение и Обработку данных.